«Мой бизнес» кииҥҥэ от ыйын 1 күнүттэн олохтоох оҥорон таһаарааччыларга куонкурус быһыытынан көрүллэр субсидияҕа докумуон хомуйааһына саҕаланна. СИА суруйар.
Субсидиянан табаары оҥорон таһаарар предпринимателлэр туһаныахтарын сөп. Үбүлээһин оҥорон таһаарыыга туттуллар оборудованиены саҥардыыга, таҥыытын, холбуур-көрөн-истэн бирэр үлэтин киллэрэн туран; уокка-, итиигэ-, газка-, уунан хааччыйыыга инжернернай ситимнэргэ холбооһун ороскуоттарын сабыыга көрүллэр.
Субсидия кээмэйэ дуогабарынан чуолкайдаммыт ороскуот 50 %-тан элбиэ суохтаах уонна 500.000 солк диэри буолуохтаах.
Докумуону тутуу от ыйын 1 — 20 күннэригэр ыытыллар.