Өлүөхүмэҕэ бэс ыйын 26-27 күннэригэр Олоҥхо ыһыаҕар балтараа тыһыынча кэриҥэ ыалдьыты күүтэллэр. Ол иһигэр оройуоннар, олохтоох нэһилиэктэр делегациялара, культурнай бырагыраама кыттааччылара о.д.а.
Өлүөхүмэ улууһугар коронавируһу утары вакцинация күүскэ барар. «Билигин сүрүн сыалбыт диэн, бырааһынньык куттала суох ааһарыгар кыһаллабыт, ыалдьыттар култуура бастыҥ кэлэктииптэрэ бэлэмнээбит бырагыраамаларын астына-дуоһуйа көрөллөрүн», – диэтэ култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирин солбуйааччы Владислав Левочкин.
Сүрүн тэрийээччи Олоҥхо тыйаатыра. Билигин сүүрбэттэн тахса киһи артыыс бэлэмнэнэ тиийдэ. Оттон дьүүллүүр сүбэ, олоҥхоһуттар миэстэтигэр бэс ыйын 24 күнүгэр тиийиэхтэрэ. Ыһыах арыллыытын сиэрэ-туома үгэс курдук киэҥ далааһыннаах ыытыллыаҕа. Түмүккэ Михаил Шараборин-Кумаров «Улуу Даарын бухатыыр» олоҥхотун көрдөрүөхтэрэ.
Норуот тылынан уус-уран айымньытын араастарынан куонкурустар, спортивнай күрэс, ас-үөл, таҥас-сап, уус куонкурустара буолуохтара, суруйар http://nvk-online.ru/new/olo-ho-y-ya-ar-baltaraa-ty-yyncha-yaldyty-k-teller/