Абый, Дьааҥы, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Ньурба, Өлүөхүмэ 30 нэһилиэнньэлээх пуунугар ойуур уотуттан буруо бэлиэтэнэр. Ол туһунан от ыйын 23 күнүгэр сарсыарда ЫБММ Саха сиринээҕи салаатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. Дааннайдар НЦУКС космостан көрдөрүүтүгэр олоҕураллар.
От ыйын 22 күнүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ салгын 38 боруобата чинчийилиннэ, Аммаҕа, Үөһээ Бүлүүгэ, Ленскэйгэ, Өлүөхүмэҕэ, Сунтаарга. Нуорманы куоһарар көрдөрүү Бүлүүгэ уонна Ньурбаҕа бэлиэтэннэ. Умайбыт сытынан, угаарнай гааһынан сүһүрүү бэлиэтэммэтэ.