22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Ойуунускай музейыгар искусство киэһэтэ буолан ааста

15:14, 06 ноября 2017
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Литературнай музейга Россия үрдүнэн ыытыллар “Искусство норуоту сомоҕолуур” диэн девизтээх тэрээһин буолан ааста. Дьаһал Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ 100 сыла туолуутугар ананна. 


Сэтинньи 3 күнүгэр литературнай музейга буолбут тэрээһиҥҥэ бастаан “Сүүс сыллаах улуу былаан” диэн Платон Алексеевич Ойуунускай олоҥхотуттан оонньоон көрдөрдүлэр. Мунньах суруксутунан Өргөстөөх Өлөксөй (У. Нелунов), Ситэриилээх Кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Толоруулаах Доропуун (Дь.Дохунаев), оттон көрөөччүлэр бука бары мунньах кыттыылаахтара буолан доруобуйа, кэпэрэтиип, суут-сокуон, үөрэх-сайдыы, олох-дьаһах туһунан ыйыталастылар.

Бу айымньытын П.А. Ойуунускай 1927 с. суруйбут. Салгыы поэт Н.Е. Винокуров-Урсун П.А.Ойуунускай революционнай ырыаларын, хоһооннорун туһунан ирэ-хоро кэпсээтэ. Оччотооҕуга маассабайдык толоруллар “Былааһы Сэбиэккэ”, “Син-биир буолбаат?!”, “Бу уоттаах бакаалы!” ырыалары СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ Д.Д. Тихонов ыллаан доргутта.

Дьокуускай куорат 26-с оскуолатын үөрэнээччилэрэ “Былааһы Сэбиэккэ” диэн хоһоонунан дьүһүйүү көрдөрдүлэр. Салайааччы – оскуола музейын сэбиэдиссэйэ К.И. Чусовская.

Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин илэ көрбүт М.Г. Слепцов, Г.А. Попов, М.З. Винокуров олохторун, дьылҕаларын туһунан үөрэтэн, чинчийэн, сааһылаан, хаартысканан көрдөрөн Е.С. Ноговицына кэпсээтэ.

П.А. Ойуунускай сырдык мөссүөнүн кимнээх уруһуйдаабыттарын, чочуйан оҥорбуттарын, олоҥхо ойууларын кимнээх оҥорбуттарын көрдүбүт-иһиттибит.

Бүтэһиккэ литературнай музей көмүс фондатыттан “Сарыал” айар түмсүү уһулбут “Кэм” биэриититтэн сэдэх киинэлэри – “Муус түннүгү уһулуу” уонна “Ойуунускай дьиэтигэр көрсүһүү” диэн оччотооҕуга музей сүрүн үлэһитэ Раиса Терентьевна Аммосова ыыппыт үлэтиттэн билистибит.

Бу курдук искусство араас көрүҥнэрин холбоон, биһиги улуу Өктөөп тойуксута П.А. Ойуунускайтан саҕалаан бу киэһэни ирэ-хоро кэпсэтэн-сэһэргэһэн, саҥаны билэн-көрөн тарҕастыбыт.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА