23 Сэтинньи 23.11
  • -25°
  • $ 102,58
  • 107,43

Ойго остуол тенниһигэр 72 саастаах киһи кытта оонньоото

11:40, 21 марта 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Остуол тенниһигэр биирдиилээн бастыыр иһин улуус чемпионата Ой нэһилиэгэр буолан ааста. Оонньуу түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэ чемпионатыгар кыттарга хамаанда сүүмэрдэннэ.


Остуол тенниһин кылаабынай судьуйтынан, спорт бэтэрээнэ, Саха өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна Анатолий Архипов үлэлээтэ уонна күрэхтэһии туһунан маннык кэпсээтэ:

— Саамай кыра саастаах кыттааччы бэһис кылаас оҕото Иванов Петя буолла. Саамай саастаах оонньооччу 72 саастаах В.Д. Данилов. Улууспутугар остуол тенниһэ сыллата сайда турар көрүҥ буолар. Бу күрэхтэһии түмүгүнэн, улахан дьоҥҥо өрөспүүбүлүкэ чемпионатыгар кыттарга хамаанда сүүмэрдэннэ. Тэрийсибит, күрэхтэһиибит аһыллыытын-сабыллыытын иилээбит-саҕалаабыт дьоммутугар махталбыт муҥура суох.

Остуол тенниһигэр улуус чемпионатын кыайыылаахтара:

Эр дьоҥҥо

50-60 саастаахтарга

1 миэстэ -Михаил Громов (Ой)

2 миэстэ – Иннокентий Кононов (Булгунньахтаах)

3 миэстэ – Геннадий Скрябин (Покровскай к.)

60 үөһэ саастаахтарга

1 миэстэ — Николай Максимов (Хачыкаат)

2 миэстэ – Афанасий Свинобоев (Покровскай к.)

3 миэстэ – Валерий Данилов (Ой)

Абсолютнай чемпион – Вячеслав Игнатьев (Булгунньахтаах).

Дьахталларга

40 саастарыгар диэри

1 миэстэ — Саргылана Федорова (Булгунньахтаах)

2 миэстэ – Алина Захарова (II Дьөппөн)

3 миэстэ – Анастасия Петрова (Улахан-Аан)

40 үөһэ саастаахтарга

1 миэстэ — Муся Александрова (Ой)

2 миэстэ – Альбина Петрова

3 миэстэ – Гера Шишигина (Покровскай к.)

Абсолютнай чемпионка – Саргылана Федорова (Булгунньахтаах).

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА