22 Сэтинньи 22.11
  • -34°
  • $ 100,68
  • 106,08

ОДьКХ өҥөтүн иһин төлөбүр от ыйын 1 күнүттэн ортотунан 4% үрдүүр

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

2022 сылга РФ-ҕа ОДьКХ өҥөтүн иһин төлөбүр муҥутуур үрдээһинэ ортотунан 4%-тан элбиэ суоҕа. Ол туһунан тутуу миниистирин солбуйааччыта Алексей Ересько иһитиннэрдэ.

«ОДьКХ өҥөтүн иһин төлөбүр тарыыба сылга биирдэ уларыйар, от ыйын 1 күнүгэр. Бигэргэтиллибит муҥутуур индекстан улаатыннарыы көҥүллэммэт. Бу сылга индекс уларыйыыта ортотунан 4%», — диэтэ Алексей Ересько.

Кини иһитиннэрбитинэн, быйыл бырабыыталыстыба пеня ааҕыытын усулуобуйатын уларыппыта. Киин баан ставкатын, ыстыраап суоттааһынын таһаарылларыгар, 9,5% хаалларбыта. Муус устардааҕы уурааҕынан, «рассрочкаҕа» Россия Баанын ставкатын 9,5% кээмэйэ туттуллар.

Квитанцияны кумааҕынан эрэ буолбакка, электроннай киэбинэн эмиэ ылыахха сөп. «Квитанцияны ОДьКХ ГИС систиэмэтигэр көрүөххэ сөп.  Быйылгыттан «Госуслуги» порталга көһөрүллүөҕэ», — диэтэ Ересько. Өҥөнөн туһанааччы ханнык киэбинэн квитанцияны тутарын бэйэтэ талар.

Источник: «Интерфакс»

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА