Россия таһымнаах «Надежды России» күрэхтэһии Великие Луки куоракка буолла. Манна спорт маастарын нуорматын Саха сириттэн үс спортсмен толордо. ЯСИАҕа оҕунан ытыыга Федерация эппитинэн, күрэхтэһиигэ 58 киһи өрөспүүбүлүкэ аатын көмүскүүр.
«Барыта Россия 32 регионуттан 640 спортсмен кыттар, Беларусияттан бааллар. Биһиги өрөспүүбүлүкэбититтэн 58 спортсмен уонна 7 тренер. Кыттааччылар 90% бэйэлэрин суоттарыгар кэллилэр, ол эбэтэр айанарын төрөппүттэрэ уйуннулар. Ити аата спорт бу көрүҥэр интэриэс баар диэн буолар», — диэтилэр федерацияҕа.
«Классический лук» дисциплинаҕа нормативы Владимир Ким толордо, «блочный лук» хайысхаҕа Андрей Архипов уонна Дайаана Борисова спорт маастара буоллулар.