22 Сэтинньи 22.11
  • -22°
  • $ 100,68
  • 106,08

Оҕунан ытыыга күрэхтэһии тохсунньу 13 - 17 күннэригэр Дьокуускайга буолуоҕа

14:01, 13 января 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Дьокуускайга «Триумф» спорт киинигэр тохсунньу 13-17 күннэригэр оҕунан ытыыга СӨ чөмпүйэнээтэ ыытыллыа. Күрэхтэһии судьуйата Михаил Филатов күөн күрэс көрөөччүтэ суох ыытылларын иһитиннэрдэ, суруйар edersaas.ru


Охчуттар уонна судьуйалар коронавируһа суохтарын туһунан ыспыраапкалаах буолаллара (ПЦР анаалыһын түмүгэ сибиэһэй, үс күн ааһа илик буолуохтаах) булгуччу ирдэнэрин туһунан sportyaktuia.ru этиллэр.

Күөн күрэс түһүлгэтигэр 100-тэн тахса спортсмены күүтэллэр. Этэллэринэн, кинилэр ортолоругар Саха сирин бастыҥ охчуттара кыттыахтаахтар. Түһүлгэҕэ санитарнай ирдэбил тутуһуллуоҕа. Бары антисептиктаах, мааскалаах буолуохтаахтар, кыраадыһы бэрэбиэркэлиэхтэрэ, бэйэ икки ардыгар тэйиччи сылдьыыны тутуһуохтара диэн балаһыанньаҕа суруллар.

Күрэхтэһии түмүк чааһа тохсунньу 16 күнүгэр ыытыллар. Манна спортсменнар хамаанданан бастыыр иһин киирсэллэрин сэргэ, классическай (КЛ), блочнай (БЛ) уонна үгэс буолбут спортивнай ытыыга (СТЛ) кыайыылаахтар быһаарыллыахтара. Бу күрэхтэһииттэн, тохсунньу 24 — олунньу 5 күннэригэр Орел куоракка ыытыллар Арассыыйа кубогар, чөмпүйэнээккэ кыттарга Саха сирин сүүмэрдиир хамаандата тэриллиэхтээх.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар