23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Оҕолор Амма Аччыгыйын айымньыларын уруһуйдаатылар

12:12, 30 марта 2016
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Былатыан Ойуунускай аатынан литература мусуойа Саха норуодунай суруйааччыта Николай Мординов-Амма Аччыгыйа төрөөбүтэ 110 сылынан оҕолорго уруһуйга күрэстэһиини тэрийдэ. Куонкуруска Орто Халыматтан, Муоматтан, Намтан, Таттаттан, Бүлүүттэн, Уус Алдантан уо.д.а улуустан  83 үлэ киирдэ.


Литература мусуойун үлэһитэ Егор Дохунаев-Наҕыл: «Оҕо айымньынынан хартыына оҥорор буоллаҕына, ол суруллубут айымньыны өйүгэр-санаатыгар  умнуллубаттык хатыыр», — диэн этэр. Күрэстэһиигэ, тэрээһиҥҥэ улуустар кыттыылара сыллата элбээн, оҕолор уруһуйдуур ньымаларын арааһа байан иһэрин бэлиэтиир.

Түмүккэ 1 миэстэни Нам улууһун Бөтүҥ орто оскуолатын 7 кылааһын  үөрэнээччитэ Люда Андросова “Тыы бардын, бардын ууга” (линогравюра)  үлэтинэн ылла. Иккискэ Аман Бысыин “Куйуур” (тушь. Таатта улууһун Дьохсоҕон орто оскуолатын 7 кылааһа) уонна Люда Бочкарева “Микиитэ” (линогравюра. Нам, Бөтүҥ 11 кыл үөрэнээччитэ)  үлэлэринэн таҕыстылар. Үһүс бириистээх миэстэҕэ Лиана Александрова “Ийэ” (тушь, Мэҥэ Хаҥалас, Балыктаах, 6 кылаас), Сахаайа Винокурова “Тоҕус төгүл тоҕо?” (монотипия, Нам Бөтүҥ, 5 кылаас), Владислав Антонов “Мөссүйүөҥҥэ” (Орто Наахара, Ленскэй. 10 кылаас) уруһуйдарынан ыллылар.

Киирбит үлэлэри РФ, СӨ искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ, Саха сирин норуодунай худуоһунньуга, А.Г. Небоясин аатынан норуоттар икки ардыларынааҕы бириэмийэ лауреата Людмила Слепцова, РФ култуура туйгуна, РФ худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, СӨ култуура туйгуна Евдокия Романова уонна СӨ култуура туйгуна Мария Мекумянова-Пильска  көрдүлэр.

Уруһуйдар Дьокуускайга “Үргэл” галереяҕа туруоруллуохтара.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА