Ньурбаттан улуус дьаһалтатын пресс-сулууспатын эппиэттээх үлэһитэ Геннадий Антонов иһитиннэрэринэн, ааспыт бээтинсэҕэ улуус уонна өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарын тиэрдиини хайдах сыыдамсытар туһунан нэһилиэктэр баһылыктарыгар анаан сэминээр-сүбэ мунньах буолбут. Бырабыыталыстыба отчуотун кэмигэр улуус баһылыга Алексей Иннокентьев бу боппуруоска мунньах тэрийэргэ эрэннэрбитэ.
Ньурба улууһунааҕы почта сибээһин отделениета 16 сиринэн 51 үлэһиттээх. Ити иһигэр 15 отделение нэһилиэктэр дьаһалталарын балаансатыгар баар дьиэлэргэ үлэлии турар. Почтаны таһар иккиэйэх массыыналаахтара эргэрэннэр, ыраатар кыахтара суох. Онон почта салалтата (начаалынньык Л.С.Семенова) Хатыы, Маалыкай, Малдьаҕар, Чуукаар, Хорула, Өҥөлдьө курдук улуус кииниттэн тэйиччи сытар нэһилиэктэр дьаһалталарын кытта почтаны тиэрдиигэ сөбүлэһии түһэрсибит. Онно олоҕуран баһылыктар нэдиэлэ саҥатыгар улуус киинигэр киирдэхтэринэ, хаһыаты-сурунаалы ылан тахсаллар. Суол быстарыктаах кэмигэр быһыы-майгы өссө сытыырхайар.
Почта үлэһиттэрин көрдөһүүлэринэн олохтоох “Ньурба” хаһыат мантан инньэ нэдиэлэҕэ иккитэ, оптуорунньукка уонна бээтинсэҕэ, тахсар буолла. Урукку сылларга тэҥнээтэххэ, улуус хаһыатыгар даҕаны сурутуу намтаабыт. Холобур, 400-тэн тахса киһи олорор Дьаархан нэһилиэгэр 28 эрэ киһи суруттаран ааҕара аҕыйах диибин. Улуус саҥа баһылыга Алексей Иннокентьев хаһыат суолтатын өйдүүр, сыаналыыр салайааччы буолан, эбии үп көрдөрөн, тыыл бэтэрээннэригэр эбэтэр элбэх оҕолоох ыалларга тиксэрии боппуруоһун үөрэтэргэ дьаһал биэрбитэ хайҕаллаах.
Манна сыһыаран “Саха сирэ” уонна “Якутия” хаһыаттары нэһилиэктэргэ тиэрдиини эмиэ дьүүллэстилэр. Бу өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарын билигин улуустарга үрдүттэн олорор-үлэлиир дьон агент быһыытынан дуогабардаһан, хамнаска тарҕаталлар. Чопчу Ньурба улууһун ыллахха, Ньурба куоракка баар “Кооператор” ХЭУо дириэктэрэ В.Е.Иванова сөбүлэнэн үлэлэһэр. “Дьокуускайтан “Сахамедиа” тэрилтэ таксинан ыытара биһиэхэ бээтинсэҕэ-субуотаҕа тиийэн кэлэр, сороҕор, онтон өссө хойутуур, — диир кини. – Мантан салгыы нэһилиэктэргэ үлэлиир маҕаһыыннарбытыгар тиксэрэбит”.
Эбэн эттэххэ, 1 тыһыынчаттан тахса киһилээх нэһилиэктэргэ б.дь. олунньу 1 күнүттэн агеннар аадырыска почта дьааһыгар тириэрдиэхтээхтэр этэ. Ньурба улууһугар итинник ирдэбилгэ улуус киинин кытта Өктөөбүрүскэй (Антоновка), Бордоҥ (Маалыкай), Таркаайы (Хатыҥ Сыһыы) хапсаллар. Мантан кыра нэһилиэктэргэ олохтоох баһылыктар эппиэтинэс ылынан тиксэриэхтээхтэр. Бырабыыталыстыба отчуотугар олунньу 8-11 күннэригэр Хатыыга, Маалыкайга, Маарга, Дьаархаҥҥа, Чаппандаҕа, Күндээдэҕэ сылдьыһар кэммэр дьонтон ыйыталаһан көрбүппэр “Саха сирэ” хаһыаты саҥа сылга харахтыы иликтэрин эппиттэрэ. Улуус баһылыга А.М.Иннокентьев нэһилиэктэр баһылыктарыгар хаһыаты тиэрдии социальнай эбээһинэстэрэ буоларын санаппытын кэнниттэн уонна ону тус хонтуруолга ылбытын кэннэ балаһыанньа дьэ тупсар ини. Биир идэлээҕим Геннадий Антонов этэринэн, ити кэпсэтии кэнниттэн хаһыат сырыыта сыыдамсыйан, “Саха сирэ” ааспыт нэдиэлэтээҕи нүөмэрэ ааҕааччылар дьиэлэригэр тиийэ охсубут. Алексей Михайлович холобурун атын улуустар баһылыктара батыһыахтара дии саныыбын.