«Клинок на Неве» бэстибээл бастакы куонкурсун түмүгэ билиннэ. Ньурба маастардара бириистээх миэстэҕэ тигистилэр, суруйар Ulus.media.
Россия таһымнаах күрэхтэһиигэ «Средний клинок» номинацияҕа «Батыйа» оҥоһуутунан Ариан Афанасьев-Арыйаан Уус үһүс миэстэ буолла. Дьүһүйүүгэ тимиртэн саҕалаан сылгы сиэлигэр диэри туттулунна.
«Композиция» номинацияҕа иккис миэстэни Александр Васильев-Байдам Уус ылла, кини «Эра мамонтов» диэн сэлии муоһунан, уҥуоҕунан оҥоһуллубут айымньытын көрдөрдө. Бу түһүмэххэ «Сата Уус» оҥоһугунан Ариан Васильевич үһүстээтэ.