22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

Ньурбаҕа Аан дойду иккис сэриитэ түмүктэммит күнүн бэлиэтииллэр

16:28, 03 сентября 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бүгүн, балаҕан ыйын 3 күнүгэр, Аан дойду иккис сэриитэ түмүктэммит күнүгэр Ньурбаҕа Улуу Кыайыы 75 сылыгар былааннаммыт сүрүн үбүлүөйдээх тэрээһиннэр буоллулар. 10 чаастан Кыайыы болуоссатыгар үөрүүлээх миитин ыытылынна.


Коронавируснай инфекция пандемиятын кэмигэр элбэх киһилээх маассабай тэрээһиннэри ыытар бобуулааҕынан сибээстээн, эпидемологическай ирдэбиллэри тутуһан туран сэмэйдик эрээри, өрө көтөҕүллүүлээхтик буолан ааста. Төһө даҕаны аҕыйах киһилээх уонна сэмэй быһыыга-майгыга буоллар, өрөгөйдөөх бырааһынньык сүҥкэн үөрүүтэ, улуу бырааһынньык сырдык тыыннаах сүдү үлүскэнэ Кыайыы болуоссатыгар ала-чуо сатыылаата.

Ньурбатааҕы техлицей “Искра” байыаннай-патриотическай кулуубун кыттыылаахтара болуоссакка Кыайыы былааҕын өрөгөйдөөхтүк тутан киллэрдилэр. Буойун пааматынньыгар уонна умуллубат уокка венок уонна сибэкки дьөрбөлөрө уурулуннулар. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр уонна империалистическай Японияны утары сэриигэ охтубут, билигин суох бэтэрээннэри кэриэстээн, чуумпуруу мүнүүтэтэ биллэрилиннэ, аптамааттарынан салют ытылынна.
Үөрүүлээх миитиҥҥэ истиҥ-иһирэх эҕэрдэ тылларын улуус баһылыга Алексей Иннокентьев, улуус Сүбэтин бэрэссэдээтэлэ Сергей Евсеев, Ньурба куорат баһылыга Александр Иванов уонна Ньурбатааҕы техлицей 11 кылааһын үөрэнээччитэ Алексей Никифоров эттилэр.
Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх сылын тэрээһиннэригэр элбэхтэ сүүрбүт-көппүт, билигин биһиги ортобутугар суох улуустааҕы Ытык Сүбэ бэрэссэдээтэлэ Михаил Иванов уонна КПРФ райкомун сэкирэтээрэ Владимир Семенов ааттара иһирэхтик ахтылынна.
Улуустааҕы бэтэрээннэр Сэбиэттэрин бэрэссэдэтэлэ Татьяна Олесоваҕа “Ньурба улууһун бочуоттаах олохтооҕо” бэлиэтин уонна дастабырыанньатын туттарылынна. Миитин ыччат эҕэрдэ нүөмэрдэринэн уонна холууп шардарын кый халлааҥҥа көтүтүүнэн түмүктэннэ. Бу кэнниттэн эмиэ манна, Кыайыы болуоссатыгар, Улуу Кыайыы 75 сылыгар анаан икки улахан архитектурнай эбийиэк аһыллыыта буолла. Биирдэрэ – тыылга бэйэлэрин харыстаммакка, дьүккүөрдээх үлэлэринэн Улуу Кыайыыны уһансыбыт, сэрии уоттаах сылларын сиэртибэтэ буолбут тыыл үлэһиттэрин пантеона. Иккиһэ – сэрии бастакы күнүттэн саҕалаан тиһэх күнүгэр диэри хорсуннук сэриилэспит, саха норуотун аатыттан Рейхстагка илии баттаан хаалларбыт аатырбыт буойун, учуонай, суруналыыс, СӨ бочуоттаах олохтооҕо Феодосий Донской өйдөбүнньүгэ. Бу үлэлэри Ньурба улууһун салалтатын сакааһынан тиэндэргэ кыайан, Саха сирин биллиилээх архитектора, РФ Архитектордарын сойууһун чилиэнэ Сергей Лукин салайааччылаах тэрилтэ (“Лукин С.И.” ИП) тиһэҕэр тиэрдэн олоххо киллэрдэ. Сергей Лукин бэйэтэ эмиэ Ньурба сириттэн төрүттээх, аҕата сэриигэ баран охтон уонна тыылга ийэтэ олохтон туораан кыра сааһыгар тулаайах хаалбыт, уруккута Тыалыкы нэһилиэгин олохтооҕо Лукина (Тихонова) Пелагея Дмитриевна уола.
Сэрии кыһарҕаннаах сылларыгар Ньурба оройуонугар 3506 киһи туораабыта биллэр. Ньурба дьоно-сэргэтэ кинилэр үтүө ааттарын, хорсун быһыыларын эмиэ умнубат. Тыыл бэтэрээннэригэр анаммыт пантеон уонна “Рейхстагка илии баттаан хаалларбыта” стела аһыллыытыгар улуустааҕы бэтэрээннэр Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Татьяна Олесова, КПРФ райкомун чилиэнэ Татьяна Кардашевская уонна Феодосий Донской биир дойдулааҕа, Малдьаҕар нэһилиэгин баһылыга Александр Степанов истиҥ эҕэрдэ тылларын эттилэр. Култуура үлэһиттэрин күүһүнэн театрализованнай оонньуу көрдөрүлүннэ.

Стелаҕа урукку сэрии сылларын санатар уус-уран композиция оҥоһуллан, норуот кутун куппут “День Победы” ырыа дуорайда. Пантеоҥҥа уонна стелаҕа тыыннаах сибэкки дьөрбөлөрө уурулунна. Аан дойду иккис сэриитэ түмүктэммит үөрүүлээх күнүгэр Улуу Кыайыы 75 сылыгар анаммыт араас тэрээһиннэр буола тураллар, тутатына социальнай ситимнэринэн онлайн форматынан таһааран көрдөрүллэр. Киэһэ 10 чаастан Ньурба куоратын аннынан Бүлүү өрүскэ баарсаттан Кыайыы өрөгөйдөөх салюта ньиргийиэҕэ.

Сиһилии: https://ulus.media/2020/09/03/nurba-a-aan-dojdu-ikkis-seriite-t-m-ktemmit-k-n-n-belietiiller/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА