Новосибирскайга 1,5 саастаах оҕо 18-с этээстээх кыбартыыра түннүгүттэн түстэ. Уол оҕону балыыһаҕа илтилэр. Бу туһунан ТАСС регионнааҕы силиэстийэлиир кэмитиэт управлениетын пресс-сулууспатыгар сигэнэн иһитиннэрэр.
«Новосибирскай куорат Ленскэй оройуонугар 1,5 саастаах оҕо 18-с этээстээх кыбартыыра түннүгүттэн сууллан түстэ. Оҕо тыыннаах, ол эрээри араас эчэйиилээх балыыһаҕа киирдэ», — диэн иһитиннэриигэ суруйаллар.
Билигин биллэринэн, быһылаан тахсыбыт кэмигэр, оҕо кыбартыыраҕа төрөппүттэрин кытары олорбут. Түбэлтэ чахчытынан бэрэбиэркэ ыытыллар.
ТАСС-ка иһитиннэрбиттэринэн оҕо реанимацияҕа сытар.