22 Сэтинньи 22.11
  • -27°
  • $ 100,68
  • 106,08

Нолуокка иэскитин төлөөҥ

Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саҥа дьыл үүнэрэ чугаһаата. Бу кэмҥэ үгүс дьон инники былааннарын торумнууллар, түмүктэри таһаараллар, иэстэрин-күүстэрин аахсаллар, диэн суруйда «Саха сирэ».

Нолуокка иэһи хайдах төлүөххэ сөбүн туһунан ыйытыыга Арассыыйа ФНС Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр управлениетын судаарыстыбаннай өҥөлөрү оҥорууга 1 №-дээх отделын кылаабынай судаарыстыбаннай нолуокка иниспиэктэрэ Елена Слепцова маннык хоруйдаата:

— Иэһи ханна көрүөххэ сөбүй? Нолуогу төлөөһүҥҥэ иэһи Арассыыйа ФНС www.nalog.gov.ru саайтыгар “Нолуогу төлөөччү тус кэбиниэтэ” (“Личный кабинет налогоплательщика физического лица”) сервис көмөтүнэн Госөҥө порталыгар эбэтэр нолуок уорганыгар тиийэн бэрэбиэркэлээҥ.

Өскөтүн нолуогун кэмигэр төлөөбөтөҕүнэ? Ол аата бу киһи нөҥүө күнүттэн иэстээх киһинэн буолар. Нолуогу хойутатыы иһин РФ Нолуокка кодексынан пеня көрүллэр. Уһатан төлөөһүн хас биирдии күнүгэр пеня ааҕыллар, нолуогу төлүөхтээх күнүн кэннинээҕи күнтэн саҕалаан.

Хайдах төлүөххэ? ФНС саайтыгар тэйиччиттэн “Уплата налогов и пошлин” сервиһинэн, “Нолуогу төлөөччү тус кэбиниэтинэн” эбэтэр Госөҥө порталынан.

Саамай түргэн уонна табыгастаах төлүүр ньыма? “Налоги ФЛ” босхо мобильнай сыһыарыы буолар. Ону AppStore уонна  GooglePlay хачайдыахха сөп. Манна киирэн иэскитин көрөн, хайа баҕарар дойдуттан дьиэттэн эбэтэр офистан төлүөххүн син.

Нолуоккутун төлөөбөтөххүтүнэ пеня ааҕыллыа, иэскитин суут нөҥүө хамнаскытыттан эбэтэр биэнсийэҕититтэн тутуохтара. Баайгытын-дуолгутун да тутан ылыахтарын сөп. Ону тэҥэ Арассыыйа таһыгар тахсаргын бобуохтара.

Онон, кытаатан нолуоккутун төлөөҥ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА