22 Сэтинньи 22.11
  • -22°
  • $ 100,68
  • 106,08

Николай Кульбертинов, барыллаан түмүгүнэн, парламеҥҥа эбии быыбарга кыайда

09:01, 06 июня 2022
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бэс ыйын 5 күнүгэр киэһэ 8 чааска Саха сирин народнай депутатын 12 №-дээх Өлүөхүмэтээҕи биир мандаттаах быыбардыыр уокурукка эбии быыбара түмүктэннэ. «Биир ньыгыл Россия» чилиэнэ,  «Саханефтегазсбыт»  гендириэктэрин солбуйааччыта Николай Кульбертинов, барыллаан түмүгүнэн, кыайда.

«Николай Иванович — улахан уопуттаах салайааччы, төрөөбүт оройуонугар кыһаллар, кыһалҕаларын, сайдыытын билэр. Улуус олохтоохторун итэҕэллэрин толоруо дии саныыбын» — Кульбертиновы Ил Дархан Айсен Николаев эҕэрдэлээтэ.

Быыбарга үс кандидат кытынна: Михаил Еникеев (ЛДПР), Алена Колмыгина (КПРФ), Николай Кульбертинов (Биир ньыгыл Россия).

Өлүөхүмэ оройуонугар барыта 40 быыбардыыр учаастак үлэлээтэ. Саха сирин Киин быыбардыыр кэмитиэтин түмүгэ тахсыаҕа.

Эбии быыбарга кыттыы 31,77% буолла. Николай Кульбертиновка быыбардааччы 72,96% куолаһа бэрилиннэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА