22 Сэтинньи 22.11
  • -27°
  • $ 100,68
  • 106,08

Нерюнгрига ас-үөл хаачыстыбата хонтуруолланар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бэтэринээрдэр атыыга киирэр тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын хаачыстыбатын туһугар сирэй эппиэтинэһи сүгэллэр.


Нерюнгри куорат бэтэринээрдэрэ «Киин» ырыынакка бэтэринээринэй-чинчийэр экспертиза лабораториятыгар эттэн саҕалаан оҕуруот аһыгар, фруктаҕа тиийэ араас аһы-үөлү анаалыстыыллар. Бэтэринээрдэр Домна Окоемова уонна Алла Головнина аһы-үөлү бэрэбиэркэлииллэр.

Манна үрүҥ ас, эт (сүөһү, таба, сылгы, бараан, сибиинньэ, көтөр этэ) уонна балык арааһа өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан итиэннэ Арассыыйа эрэгийиэннэриттэн аҕалыллар. Ол барыта тустаах хонтуруол эрэ кэнниттэн атыыга таһаарыллар. Холобур, үрүҥ ас кислотнаһа, төһө сыалааҕа, чиҥэ чинчийиллэр.

Хаачыстыба хонтуруолун сымыыт уонна мүөт эмиэ хайаан да ааһаллар. Бородууксуйа бары көрүҥэ нитраттарга эмиэ бэрэбиэркэлэнэр. Онон, куорат олохтоохторо ырыынактан аһы-үөлү дьиксиммэккэ ылаллар.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» edersaas.ru

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА