7 Алтынньы 07.10
  • $ 94,87
  • 104,74

Саха сиригэр 590-тан тахса ыкка уонна куоскаҕа бруцеллез баара билиннэ

Фото: Виктория Сергеева, ЯСИА
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сиригэр ыттарга уонна куоскаларга бруцеллезка 592 «положительнай» уонна 126 саарбахтааһыннаах анаалыстары буллулар.

Сэрэхтээх ыарыы кыыллартан дьоҥҥо сыстыан сөп, өрөспүүбүлүкэ ветеринариятын Департаменыгар эттилэр.

«Бруцеллез хроническай, онон организмҥа хас эмэ сыл сылдьыан сөп, анаалыстарга көстүбэккэ эрэ. Ыарыы кыыллартан сыстыан сөп. Тарҕатааччынан ыт, куоска, сүөһү, таба да буолуон сөп. Ыалдьыбыт кыылы, диагноһа биллибитин кэннэ, 15 хонук иһигэр утутуллуохтаах», — диэтэ Департамент салайааччыта Петр Лукич.

Кини эппитинэн, бэс ыйын 20 күнүнээҕи туругунан, Департамеҥҥа бруцеллезка 1019 боруоба киирбит. ИФА-анаалыһыгар 897 боруоба чинчийиллибит. «Положительнай» түмүгү 592 боруоба көрдөрбүт (66%).

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА