Нерюнгри оройуонугар улахан таһаҕас тиэйэр массыынаны кытары харсыспыт оптуобус суоппара өйдөммөккө эрэ балыыһаҕа өллө. Бу туһунан өрөбүл күн киэһэ Саха сиринээҕи ИДьМ Госавтоинспекциятын управлениета иһитиннэрдэ.
«Суоппар ыстааһа 30 сыл буолбут, кини реанимацияҕа киирэн баран, өйдөммөккө эрэ өллө. Биир пассажир улахан эчэйиилээх балыыһаҕа киирдэ, атыттар таһыттан сылдьан эмтэниэхтэрэ», — диэн госавтоинспеция бэлиэтээтэ.
Санатан эттэххэ, суол саахала сэтинньи 27 күнүгэр «Лена» федеральнай массыына суолугар буолбута — дьону тиэйэр оптуобус уонна улахан таһаҕас тиэнэр массыына харсыспыттара. Оптуобус салонугар 50-тан тахса киһи баара.
Быһылаан чахчытын прокуратура бэрэбиэркэлиэҕэ.