31 Ахсынньы 31.12
  • -50°
  • $ 101,68
  • 106,1

Национальнай библиотека сахалыы тылынан диктант суруйуутугар ыҥырар

09:01, 01 февраля 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Олунньу 10 күнүгэр СӨ Национальнай библиотекатыгар Дьокуускай куорат олохтоохторугар уонна ыалдьыттарыгар анаан сахалыы тылынан диктант суруйуута тэриллэр.


«Сахалыы диктант — 2018»  дьаһал төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр ананар. Сахалыы сөпкө, таба суруйары чиҥэтэр сыаллаах, сорудахтаах ыытыллар.

Бу диктаны үгэс курдук Национальнай библиотека уонна ХИФУ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын үөрэтэр институт тэрийэллэр.

«Национальнай библиотекаҕа олунньу 10 күнүгэр күнүс 2 чаастан сахалыы тылынан диктаны суруйуу саҕаланар. Онон бука барыгытын Ленина проспега 40-с дьиэтигэр ыҥырабыт. 8-968-153-10-25 нүөмэринэн эрийэн балаһыанньаны, усулуобуйаны сиһилии билсиэххитин сөп«, — дииллэр тэрийээччилэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА