Сунтаар улууһуттан сылдьар Наталья Леонтьева күүстээх спортсменнар ортолоругар бүтүн Арассыыйатааҕы спартакиадаҕа үрүҥ көмүс мэтээли ылла, 10 км дистанцияҕа иккиһинэн кэллэ, диэн СИА кэпсиир.
10 тыһыынча миэтирэҕэ сүүрүүгэ Арассыыйа араас регионнарыттан тоҕус спортсмен таҕыста. Наталья Леонтьева 34 мүнүүтэ 33 сөкүүндэ түмүктээх иккиһинэн кэллэ, бу кини официальнай рекордуттан икки мүнүүтэттэн уһун. Ол да буоллар, кини норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастарын Юлия Васильеваны 14 сөкүүндэнэн кыайда.
Бу дистанцияҕа кыайыылааҕынан Башкортостантан сылдьар 24 саастаах Альбина Гадельшина буолла, бириэмэтэ 33 мүнүүтэ 30 сөкүүндэ.