«Сахатранснефтегаз» хампаанньа массыына гаас уматыгын саҥа ыстаансыйатын үлэҕэ киллэрдэ. Эбийиэк Намныыр суолга баар, онон Жатай, Сыырдаах, Тулагы, Кангалас, чугастааҕы микрооройуоннар олохтоохторо өҥөнөн тутталларыгар сөптөөх буолуоҕа. Ол туһунан хампаанньа пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
«Ыстаансыйаны бастакы үлэлэтэн көрүү дьоҥҥо наадалааҕын көрдөрдө. Аныгылыы көрүүлээх быһаарыы клиеннар тырааныспардарыгар гаас уматыгынан тутталларын хааччыйар. Бырайыагы оҥорууга ыстаансыйа тутуутун аныгы ирдэбиллэрэ барыта туттулунна», — диэтэ хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Алексей Колодезников.