22 Сэтинньи 22.11
  • -24°
  • $ 100,68
  • 106,08

Нам улууһугар ырааһырдыы ыйа саҕаланна

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Нам улууһун үрдүнэн кулун тутар 15 күнүттэн ыам ыйа 15 күнүгэр диэри ырааһырдыы уонна тупсаран оҥоруу, көҕөрдүү ыйа биллэрилиннэ. Бу туһунан улуус баһылыга Юрий Слепцов дьаһала таҕыста.


Быйыл хаһааҥҥытааҕар да хаардаах кыһын буолла. Муус устардааҕы хаар харгыстары оҥордо. Улуус, нэһилиэк дьаһалталара уонна коммунальнай сулууспа үлэһиттэрэ түргэнник дьаһайаннар, хаары ыраастааһын уонна тиэйии үлэтэ тэрээһиннээхтик ыытылынна.

Аҕыйах хонугунан хаар ууллан, сирбит харааран, бастакы харалдьыктары кытта кыһын устата мунньуллубут бөх-сыыс тахсыаҕа. Ону кытта субуотунньуктар саҕаланыахтара. Онно олоҕуран ыам ыйын 15 күнүгэр диэри бары нэһилиэктэргэ ырааһырдыы, тупсаран оҥоруу, көҕөрдүү үлэтэ барара былааннанар.

Хас биирдии ыал кыһыны быһа мунньуллубут бөҕүн-сыыһын сыбаалкаҕа илдьэн сүөкүүрэ, тиэргэнин ыраастанара уонна уустук санитарнай-эпидемиологическай балаһыанньанан сибээстээн, олорор дьиэтин дизенфекциялыыра ирдэниллэр.

Нам сэлиэнньэтин олохтоохторун кытаанах бөхтөрүн түөрт учаастакка арааран «Якутскэкосети» региональнай тэрилтэ хомуйар, диэн суруйда «Нам улууһа» МТ пресс- сулууспата https://www.instagram.com/namsadm_official/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА