Баһаартан сэрэхтээх буолууга анаан Нам улууһун баһылыга Юрий Слепцов сорудаҕынан, Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылынан уонна регионнааҕы «Госкомобж» тэрилтэ акция ыытар. Хас нэһилиэк аайы баһаары биллэрэр, сэрэтэр 100 АДПИ (автономный дымовой пожарный извещатель) туруорар дьаһал олунньу 14 күнүттэн саҕаланна.
Олунньу 28 күнүгэр акция бэлиэтин Таастаах нэһилиэгин баһылыга Егор Лиханов Салбаҥ баһылыгар Сахаян Аргуновка туттарда. АДПИ баһаар саҥа саҕаланан эрдэҕинэ, буруону билэн, сөбүгэр тыас-уус таһаарар, онон дьон эвакуацияланар кыахтаналлар.
««Предупреди пожар — установи АДПИ» акция биһиги нэһилиэкпититтэн саҕаламмыта. Тус бэйэм нэһилиэгим икки ыалыгар: элбэх оҕолоох уонна аҕам саастаах соҕотох олорор киһиэхэ тэрили атыылаһаммын туруордум. Манан тохтоон хаалбакка салгыы үлэ ыытыллар, ол курдук инникитин тэрилтэ салайааччылара, үлэһиттэр атыылаһаннар чааһынай, элбэх квартиралаах дьиэлэргэ туруоруохтара. Ити курдук бу сыл устата нэһилиэк дьиэтэ барыта АДПИ-лаах буоларын ситиһэргэ сыал-сорук турар«, — диэн Егор Лиханов санаатын үллэстэр.
Ааптар: Семен Аргунов, «Эҥсиэли» хаһыат, Нам улууһа