Сыырдаахтан Мархаҕа диэри тардыллар түөрт балаһалаах «Нам» суолун учаастагын быйыл үлэҕэ киллэриэхтэрэ. Ол туһунан «Быһа биэрии» кэмигэр Ил Дархан Айсен Николаев эттэ, суруйар СИА.
«Саха сирин айан суолларын управлениетын хайысхатынан элбэх үлэ оҥоһулунна. Суолу оҥорооччулар сыл эрдэлээн Сыырдаах — Марха учаастагы үлэҕэ киллэриэхтэрэ [«Нам» суол]. Быйыл [учаастак тутуута] икки өттүгэр иккилии балаһалаах аныгы суол тутуута түмүктэниэҕэ. Маннык регионнааҕы суол биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр өссө суоҕа», — диэтэ Айсен Николаев.
Үлэ салҕаныаҕа уонна 2024 сылга түмүктэниэҕэ. Регион баһылыга эппитинэн, суолу кэҥэтии үлэтэ Саха сирин соҕуруу өттүттэн эмиэ ыытыллыаҕа.