Чурапчы улууһун Мындаҕаайы оскуолатын омук тылын учуутала Екатерина Павлова тохсунньу ыйга Финляндияҕа аан дойдутааҕы хайыһарынан сүүрүүгэ кытта барбыта. Онно бэтэрээннэргэ 10 иһигэр киирэн, үөрүүлээх сонуну дойдутугар ыыппыта.
Онтон төннөн иһэн Ижевск куоракка Россия чемпионатыгар кыттан, 10 км дистанцияҕа 1 миэстэни ылла.
Дьүөгэтэ Антонина Коркина Екатерина Николаевна ситиһиитин туһунан маннык кэпсиир: «Күрэхтэһиилэрэ үс хонуктаахха түмүктэммитэ. Бастаабытыттан наһаа үөрбүтэ. Наһаа элбэҕи биллим-көрдүм диэн суруйбута. Дьүөгэм олус үлэһит, сүрэхтээх, дьулуурдаах буолан манныгы ситистэ. Күрэхтэһиилэргэ кыттарын олус сөбүлүүр. Ороскуотун үксүн бэйэтэ уйунар. Олус дьаныардаах. Хас күн аайы хайыһардыыр. 10-ка кэлэбин диэн биллэрбитэ. Дьүөгэбитинэн киэн туттабыт. Эҕэрдэлиибит».