Бүгүҥҥүттэн, муус устар 1 күнүттэн Арассыыйаҕа эбии төлөбүрэ суох саҥа массыыналары кыраныысса таһыттан киллэрэр кыах суох буолуоҕа, суруйар Саха сирэ саайт.
Дойду Бырабыыталыстыбатын уурааҕынан, Арассыыйатааҕы таможняны аһарарга, ирдэбил быһыытынан көрүллэр бары нолуоктар булгуччу төлөнөр буолуохтара. Оттон саҥа массыынаны Таможня сойууһун дойдуларын нөҥүө киллэрэр буоллахха, 306 тыһ. солк. утилизациялыыр төлөбүр ирдэниэҕэ. Ол курдук, кыраныысса таһыттан массыыналары аҕалар араас ньымалар тохтуохтара. Холобур, Седан Chery Arrizo 8 мааркалаах массыына кыраныысса таһыгар 3 мөл. 510 тыһ. солк. атыыланар, оттон Арассыыйааҕа үрдээн сыаната 4 мөл. 170 тыһ. солк. тиийэр. Ити курдук, дойду иһигэр чааһынай атыылааччы барыһа 660 тыһ. солк. тэҥнэһэр. Оттон саҥа быраабыланан ханнык баҕарар мааркалаах массыына сыаната икки бүк үрдээн, тиэхиньикэ аҕалан атыылааччыларга барыһа суох эргинии буолуоҕа.
Экспертэр сыаналыылларынан, дойдуга кыраныысса таһыттан киллэриллэр ханнык баҕарар мааркалаах массыына барыта кэриэтэ 30% үрдүөҕэ. Билигин РФ Бырамыысыланнас уонна атыы-эргиэн министиэристибэтэ Федеральнай таможня сулууспатын дааннайдарыгар олоҕуран, массыына мааркатыттан көрөн таможня сыанатын испииһэгин оҥорор. Бу испииһэги аһаҕастык бэчээккэ таһаарыахтара уонна кыбаартал ахсын биирдэ саҥардан иһиэхтэрэ диэн Autonews.ru. суруйар.
Онон, холобур, Кытайга Li 9 кроссовер 5 мөл. солк. кэриҥэ сыаналаах, оттон Арассыыйаҕа 7 мөл. солк. тахса суумаҕа атыыланар. Арассыыйаҕа бу массыынаны үлэлэтэргэ бары булгуччулаах хомуурдары төлөөн туран, иномарка сыаната 7,8 мөл. солк. тиийиэҕэ.