Мууһунан көҥүлэ суох айан иһин ыстыраап көрүллэр. Биирдиилээн дьоҥҥо 3000 — 5000 солк, дуоһунастаах сирэйдэргэ 20 000 — 50 000 солк диэри, тэрилтэҕэ 100 тыһ солк — 1 мөл солк диэри, СИА-ҕа Саха сиринээҕи быыһыыр сулууспа иһитиннэрдэ.
Төһө да өйдөтөр-иһитиннэрэр үлэ ыытыллыбытын үрдүнэн, массыыналаахтар көҥүлэ суох чараас мууһунан айанныыллара тахса турар.
«Олохторун кутталга уурар дьон сылын аайы баар. Холобур, 2019 сыл сэтинньитгэр Хатас — Павловскай хайысханан КамАз массыына муус анныгар барбыта. Икки киһи суорума суолламмыта» — диэн кэпсиир сулууспа уопсастыбаннаһы кытта үлэлиир исписэлииһэ Николай Фатеев.
«Кыра массыына айанныырыгар муус халыҥа 30 см итэҕэһэ суох буолуохтаах, улахан массыыналарга ыйааһыныттан тутулуктанан 30 — 60 см халыҥ», — диэн иһитиннэрдилэр.