23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Миллиард солкуобайы – Томпоҕо сир баайын хостуурга

17:03, 28 апреля 2016
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Үөһээ Мөҥкөчө Томпо улууһун кииниттэн — Хаандыга бөһүөлэгиттэн илин 200 км. сиргэ баар. Манна сир баайын ааспыт үйэ 50-с сылларыгар булбуттара. Ол кэмҥэ уонна 90-с сылларга чинчийэр уонна буурдуур үлэлэр ыытыллыбыттара. Билигин онно биир миллиард солкуобайдаах үлэ ыытылынна.


2009 сыллаахха полиметаллическай рудаларынан баай сири чинчийэр уонна онно айылҕа баайын хостуур үлэни ыытарга көҥүлү «ГеоПроМайнинг Верхне-Менкече» хааччахтаммыт эбээһинэстээх тэрилтэ ылбыта. Былырыын күһүн тэрилтэ салайааччыта Роман Худолий, управляющай директор Александр Копяков улуус баһылыга Георгий Герасимовы уонна райсовет бэрэссэдээтэлэ Илья Шадрины кытта үлэлиир сири баран көрөн кэлбиттэрэ. Билигин онно техника турар ангарын, вахтанан кэлэн үлэлиир 50 киһи олорор дьиэтин-уотун бэлэмнииллэр. 

«Билигин аан дойдуга металларга, ол иһигэр кыһыл уонна үрүҥ көмүскэ сыана түспүт кэмэ. Ол эрээри бу хорсун дьон инникини өтө көрөн үлэлииллэр. Быйыл тэрилтэҕэ маркшейдердар, хайа оробуочайдара уонна дэлби тэптэрээччилэр үлэлэрэ тахсар, онон олохтоох дьон манна кыттыан сөп. Өссө икки сыллааҕыта инникитин улуус социальнай-экономическай сайдыытыгар тэрилтэ бииргэ үлэлэһэригэр сөбүлэҥ түһэрсибиппит. Ол чэрчитинэн тэрилтэ бэйэтин харчытыгар 3-4 устудьуону Россиятааҕы хайа-геологическай судаарыстыбаннай университетыгар үөрэттэриэ», — диир улуус баһылыга Георгий Герасимов.

Онтон «ГеоПроМайнинг ВерхнеМенкече» тэрилтэ геологияҕа салайааччыта Александр Окунев хайалар быыстарыгар үрүҥ көмүс, сибиниэс, цинк уонна кадмий саппаастаах сиргэ билигин чинчийэр, скважиналары үүттүүр уо.д.а. атын үлэлэр ыытыллалларын этэр.

«Онно кыахтаах инвестордар 1 млрд солкуобайы туһаннылар. Салгыы бэс уонна от ыйдарыгар сир анныгар үлэлэр ыытыллыахтара. Чугаһынан уу суох буолан гидрогеологтар чинчийэр үлэлэри ыытан, 10 километрдаах сиргэ сир анныгар уу баай саппааһын буллулар. Ону «биэс да фабрика туттарыгар тиийэр» дииллэр. Билигин тэрилтэ фабриканы тутарга уонна ол кэмҥэ тэІинэн 3 – 4 сылга кыра кээмэйдээх хостуур үлэни ыытарга былаанныыр», — диэтэ кини.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар