Мииринэй оройуонугар «Земскэй доктор» бырагырааманан үлэлии кэлбит быраастар эбии төлөбүрдэри ылыахтара.
«2019-2023 сылларга дьон доруобуйаларын харыстыыр усулуобуйаны тэрийии» муниципальнай бырагыраама бүддьүөтүгэр эбии 11 мөл. солк. эбии төлөбүрдэри олоххо киллэриигэ 11 мөл. солк. көрүлүннэ, мантан үлэлии кэлбит 11 быраастарга биирдии мөлүйүөнү биэриэхтэрэ», — диэн медицинскэй хааччыйыы отделын начальнига Татьяна Боброва кэпсээтэ.
Ону таһынан АК «АЛРОСА» үбүн суотуттан 500 тыһ. солк. төлөнүөҕэ.
Ол түмүгэр «земскэй доктор» бырагырааманан үлэлии кэлбит быраастар 1,5 мөл. солк. ылыахтара. Уопсай суумата Мииринэйгэ уонна Удачнайга үлэлии кэлбиттэргэ 2,5 мөл. солк. атын нэһилиэктэргэ — 3,5 мөл. солк.
Онуоха исписэлиистэр оройуон дьаһалтатын кытта доруобуйа харыстабылын судаарыстыбыннай тэрилтэтигэр сэттэ сыл устата булгуччулаахтык үлэлиир туһунан дуогабар түһэрсиэхтээхтэр.