РНА Сибиирдээҕи салаатын Саха сиринээҕи научнай киин федеральнайдааҕы чинчийэр киинин бэрэссэдээтэлэ Михаил Лебедев бэлиэтээбитинэн, импорты солбуйуу, импортнай технологияны, импортнай табаары аҕыйатыы – бүгүҥҥү күҥҥэ сүрүн суолталаах боппуруос.
«Научнай чинчийиилэр, оҥорон таһаарыылар олус наадалар. Оҥорон таһаарыыга наука чинчийиилэрин киллэрии боппуруоһун быһаарыахтаахпыт. Науканы уонна бизнеһи биир ситимниэххэ наада», — диэтэ Михаил Лебедев.
Кини бэлиэтээбитинэн, күүстээх, кыахтаах научнай-техническай баазаны тэрийии уонна өйөөһүн — Россия суверенитетын хааччыйыыга сүрүн усулуобуйа, Россия сайдыыта уонна экономикатын барҕарыыта.
Президент Владимир Путин 2022–2031 сыллары Россияҕа наука уонна технология 10 сылынан биллэрбитэ.