Саха сиригэр идэтинэн үлэлээбэккэ сылдьар медик үөрэхтээхтэри хамсык ыарыы утары үлэҕэ ыҥыраллар. Бу туһунан брифинг кэмигэр өрөспүүбүлүкэ вице-премьерэ Ольга Балабкина иһитиннэрдэ, — диэн СИА кэпсиир.
«Өрөспүүбүлүкэ норуотун депутаттарын Владимир Чичигинаровы, Любовь Явловскайаны эмиэ Covid-19 утары үлэҕэ кыттыһарга ыҥырабыт», — диэтэ Ольга Балабкина.
Вице-премьер бэлиэтээбитинэн, тохсунньу 25 күнүттэн булгуччулаах мэдэссиинэ консультациятын кииннэригэр М.К.Аммосов аатынан ХИФУ биллиилээх доктордара, мэдэссиинэ институтун ааттаах-суоллаах профессордара үлэлиэхтэрэ.
«Роспотребнадзор үлэһиттэрэ уонна медиктэр үрдүк бэлэмнээх буолуу быһыытыгар-майгытыгар үлэлииллэр, скорай үлэһиттэрэ олус үрдүк ноҕоруускаҕа үлэлии сылдьаллар. Билиҥҥи туругунан кинилэр ноҕоруускалара анал нормативтан уон төгүл куоһарар«, — диэн Балабкина бэлиэтээт. Ордук уустук быһыы-майгы Дьокуускайга, Хаҥаласка, Намҥа, Мэҥэ-Хаҥаласка уонна Сунтаарга бэлиэтэнэр.
Өрөспүүбүлүкэ стационарыгар ыарахан туруктаах 69 ыарыһах баар. Реанимацияҕа баар дьон бары вакцина ылбатахтара бэлиэтэнэр. Быраастар 10 олус ыарахан туруктаах ыарыһахтар олохторун туһугар туруулаһаллар.