Мэҥэ Хаҥалас улууһугар от үлэтин хаамыытын туһунан улуус дьаһалтатыгар тыа хаһаайыстыбатын салалтатын сүрүн агронома
Василий Бурнашев кэпсээтэ, диэн Мэҥэ Хаҥалас телеграм-ханаала суруйар.
— Уопсайа быйыл окко былааммыт – 44 015 туонна от бэлэмнэниэхтээх. Нэһилиэктэр бэйэлэрэ – 40 177 туоннаны оттуохпут диэн сабаҕалыыллар. Бүгүҥҥү күн туругунан – 18 843 туонна от буолла. Бу былааммыт 43% туолуутугар таҕыстыбыт.
1676 ахсааннаах тиэхиньикэ, 2857 отчут ходуһаҕа таҕыста. Бүгүҥҥү күн туругунан Тарат нэһилиэгэ саамай үрдүк көрдөрүүнү көрдөрөн иһэллэр, былааннарын 74% толордулар.Былырыын баччаларга атырдьах ыйын 1 күннээҕи туругунан 15 319 туонна оттоох этибит. Ол аата быйыл 3500 кэриҥэ туоннанан лаппа куоһаран иһэбит.
Улахан хаһаайыстыбалаах мобильнай биригээдэлэр, тоҕус бөлөх күһүөрү өрүс эҥэр тахсан оттуурга бэлэмнэнэллэр. 60 км ыраах сир бардылар да, мобильнай биригээдэнэн ааҕыллаллар.
Сүрүннээн бу элбэх төбө сүөһүлээх-сылгылаах дьон, сирдэрэ-уоттара кыараҕас, эбии от бэлэмниир санааттан киэҥ сиринэн сылдьан үлэлииллэр. Кинилэр эбии – 1260 туонна от туруоруохтаахтар.
Ону таһынан – 2100 туонна сиилэс оҥоруохтаахпыт уонна 250 туонна сенаж бэлэмниэхтээхпит. Быйыл үүннүүлэрэ орто.
Кэлэр ый ортотуттан сиилэс оҥоруутун үлэтэ саҕаланара сабаҕаланар.
Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата