21 Сэтинньи 21.11
  • -28°
  • $ 100,22
  • 105,81

Массыына сыаната уон сыл иһигэр үс төгүл улааппыт

16:07, 05 ноября
Текст:
Хаартыска: Саха сирэ саайт
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Уон сыл иһигэр Арассыыйаҕа саҥа массыына орто сыаната үс төгүл улааппыт — 1-тэн 3 мөлүйүөн солк диэри. Сыана эбиллиитэ ордук кэлиҥҥи үс сыл устата бэлиэтэнэр. Инникитин эмиэ сыана салгыы үрдүүрэ сабаҕаланар, ону кытта атыылаһааччы саҥа массыына ылар кыаҕа намтыыр.

10 сыл устата дойдуга саҥа массыына сыаната 3,1 төгүл улааппытын «Автосат» ааҕыныстыба чинчийиитэ туоһулуур. Холобур, 2014 сыл саҕаланыыта массыына орто сыаната 1 мөлүйүөн солкуобай эбит буоллаҕына, атырдьах ыйынааҕы туругунан ити көрдөрүү 3,1 мөлүйүөн солкуобай суумаҕа диэри тиийдэ.

Сыана үрдээһинин сүрүн төрүөтүнэн солкуобай харчы девальвацията, утилизационнай хомуур ыстаапкатын үрдэтиитэ, логистика ороскуотун улаатыннарыыта, ону тэҥэ дойдуга уонна аан дойдуга инфляция уопсай таһыма үрдээбитэ ааҕыллар. Ону сэргэ 2020-2021 сс. пандемия кэмигэр уонна 2023 сылга салҕанан саҥа массыыналары Арассыыйа ырыынагар аҕалыыта намтаабытынан сибээстэнэр.

2022 сылга тэҥнээтэххэ, сыана 2023 сылга 23,9% муҥутуур эбиллибит. Ону тэҥэ 2015 сылга (19,5 %), 2021 сылга (18,1 %) уонна 2022 сылга (20%) сыана үрдүүрэ салҕаммыта бэлиэтэммит.

«2024 сыл түмүгүнэн сыана үрдээһинэ 10-15% тэҥнэһиэн сөп. Онон, бу сылга сыана үрдээһинигэр рекорд олохтонуо», — диэн эспиэр Максим Давиденко бэлиэтиир.

Холобур, Lada Vesta массыынаны кирэдьиит ыларга сыаната 1,6 мөлүйүөн солкуобайга тэҥнэһэн ыстаапката 21 %-нан бэриллэр. Ити курдук атыылаһааччы бааҥҥа 2,2 мөлүйүөн солкуобайга төнүннэрэр уонна ыйдааҕы төлөбүрэ 37 тыһыынча солкуобай буолар. Итини кытта бастакы усунуос 15%-на төлөнөрө ирдэнэр (250 000 солк.). Кирэдьиит болдьоҕун улаатыннарыы ыйдааҕы төлөбүрүн аччатар эрээри, бааҥҥа төнүннэрэр уопсай төлөбүрүн суумата икки бүк улаатан биэрэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА