23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Мас тардыһыытыгар күрэхтэһии иккис күнэ Саха сиригэр түөрт "көмүһү" аҕалла

12:07, 16 июля 2016
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Азия оҕолоро» Оонньуу мас тардыһыытын көрүҥэр күрэхтэһии иккис күнүн «кыһыл көмүс» мэтээлин барытын сахалар ыллылар. Уолаттар 52, 62, 74 диэри уонна 74-тэн үөһэ киилэлэргэ кииристилэр.


62 кг диэри кыайыылаах Николай Васильев СИА-ҕа кэпсээбитинэн, бу көрүҥүнэн оҕо эрдэҕиттэн дьарыктанар. «Салгыы — аан дойду таһыма, мас тардыһыыта улахан инникилээҕэр эрэнэбин. Тренердэрбэр, дьиэ кэргэммэр, аймахтарбар, доҕотторбор, билэр дьоммор миигин өйөөбүттэригэр махтанабын.  Спортсмен буолар чэпчэкитэ суох. Ол гынан баран олоххо күүһү уонна сайдыыны биэрэр», — диэтэ кини.

74 киилэттэн үөһэ ыйааһыҥҥа чөмпүйүөннээбит Сергей Афонин билиммитинэн, кыайыыта киниэхэ соһуччу. «Утарылаһааччыбын уруккуттан билэбин. Куруук киирсэрбит, онно үксүгэр хотторооччубун. Бу сырыыга санаам күүһүн, дьулуурбун түмэн, кыайыыны ситистим. Биллэн турар, биһиги доҕордууларбыт, бииргэ дьарыктанабыт. Ол гынан баран бэйэбин чөмпүйүөнүнэн сананар олус астык. Бу туһугар киһи спордунан дьарыктаныахтаах, итэҕэйиҥ. Мас тардыһыыта — мин олоҕум».

Индия үгэскэ кубулуйбут тустуу көрүҥнэригэр национальнай федерациятын генеральнай сэкирэтээрэ Тамболи Омармухтар бэлиэтээбитинэн, Оонньуу мас-рестлинг аан дойду таһымыгар тахсарыгар, билиниллэригэр улахан кылааты киллэрэр: «Индияҕа хапсаҕай уонна мас-рестлинг 2011 сыллаахха оскуола бырагырааматыгар киллэриллибитэ. Ол кэмтэн элбэх үлэ ыытылынна. Биһиги «Азия оҕолоро» Оонньууга кыттарбыт олус суолталаах. Маска биир боруонса мэтээли ыллыбыт, олус үөрдүбүт. Кэлэр Оонньууга таһыммытын өссө үрдэтэр уонна элбэх мэтээли ылар быаҕалаахпыт».

«Сахаада-спорт» спорт национальнай көрүҥнэрин Ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ  Александр Ким-Кимэн «Азия оҕолоро» — бөдөҥ социальнай бырайыак буоларын эттэ: «Бу дьиҥнээх спорт бырааһынньыга. Оҕолорго туһаайан этиэм этэ манна саамай күүстээх кыайар. Ол гынан баран хотторбуттар хомойуо суохтаахтар, тоҕо диэтэххэ бу кинилэр спорт улахан суолугар саҕалааһыннара буолар. Дьиҥнээх спортсмен кыайыы үөрүүтүн уонна хотторуу хомолтотун билэ үөрэниэхтээх».

52 кг диэри кыайыылаахтар:

1 м — Артур Жирков (Саха сирэ -1)

2 м — Николай Винокуров (Саха сирэ -2)

3 м — Егор Иванов (УИФУо) уонна Тцогтбаяр Бурендуурен (Монголия)

62 кг диэри кыайыылаахтар:

1 м — Николай Васильев (Саха сирэ -1)

2 м — Эрхан Бояров (Саха сирэ -2)

3 м — Ержан Бакыт (Казахстан) уонна Георгий Лобанов (УИФУо)

74 кг диэри кыайыылаахтар:

1 м — Никита Татаринов (Саха сирэ -2)

2 м — Никита Романов (Саха сирэ -1)

3 м — Темирлан Молдорозов (Кыргызстан) уонна Семен Саввинов (УИФУо)

74 кг үөһэ кыайыылаахтар:

1 м — Сергей Афонин (Саха сирэ -1)
2 м — Эльдар Иванов (Саха сирэ -2)

3 м — Арсланбек Турдубеков (Кыргызстан) уонна Дмитрий Степанов (УИФУо)

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА