22 Сэтинньи 22.11
  • -24°
  • $ 100,68
  • 106,08

Мандар Уус: «Ньукуолун — сахаларга саамай чугас таҥара»

10:01, 22 мая 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ыам ыйын 22 күнэ – сахаларга сайыны көрсөр бырааһынньык. Бүгүн хас ыал аайы алаадьы минньигэс сыта тунуйар, саламаат сырдьыгыныыр, кус миинэ буһар. Ньукуолун туһунан бары ытыктыыр киһибит Мандар Уус -Борис Неустроев суруйуутун аһаҕас источниктартан ылан таһаарабыт.


«Ньукуолун» диэн тыл сахаларга христианство киирбитин кэннэ үөскээбит. Ол эрээри сахаларга былыр-былыргыттан кыыдааннаах кыһыны туораан сааһы көрсөллөрө улахан үөрүү, дьол. Итиэннэ саас — сүөһү этэҥҥэ күөххэ үктэнэн үүт-ас дэлэйэр кэмэ.

Христианскай бырааһынньыктартан сахалар, тоҕо эрэ, сааскы Ньукуолуну ордук ылыммыттар. Кини-сибэтиэй, дьиҥнээх баар буола сылдьыбыт киһи. Нууччалыы аата Ньукулай, дьиҥинэн Италияҕа дуу, ханна дуу төрөөбүт. «Никей» дуу, ким дуу диэн ааттаах. Чопчу билбэппин. Ньукуола таҥара үөһэттэн ананан кэлбит киһи быһыылаах. Кыра оҕо сылдьан таҥара күн ийэтин үүтүн да эмпэтэ үһү. Маннык дьиибэлээх оҕо төрөөн кэлин дьон-сэргэ барыта билэр киһитэ буолбут. Сахалар эмиэ киниэхэ сүгүрүйэбит.

Саха дьоно бу таҥара «материальнайдык» — от-мас үүнэригэр, сүөһү-ас төрүүрүгэр, киһи кыһалҕатыгар көмөлөһөр диэн өйдүүллэр. Онтон атын сибэтиэйдэр элбэхтэр эрээри үксүн үөрэх-билии, духовнай өттүнэн туһалыыллар. Урут мин кыра эрдэхпинэ Кыыка эмээхсин диэн баар этэ. Кини: «Кыһалҕаҕа киирдэххитинэ Ньукуола таҥараттан көрдөһөр буолуҥ», — диирэ. Ол иһин оннук өйдөбүл кыра эрдэхпиттэн иҥэн хаалбыт. Ньукуолуну бэлиэтиэхтэриттэн ыла саас баччаларга дьиэни-уоту хомуйар, бөҕү-сыыһы ыраастыыр үгэс үөскээбит. Бөҕү-саҕы таһааран уоттууллар, тэлгэһэни ыраастыыллар. Буруо сыта бөҕө буолааччы — наһаа үчүгэй. Хотоҥҥо уоттаах түптэни, тууспалаах дииллэр этэ дуу, уматаллар. Бука сиигин-эҥин таттаран эрдэхтэрэ.

Алаадьы астаан, кус буһаран сииллэр. Ньукуолун биир дьиктитэ — күөх оту үргээн киллэрэн остуол анныгар уураллар эбит. Бу кэмҥэ оннук дэлэй күөх от суох буолар, сорох дьыл хойутуур. Онон Ньукуолуҥҥа анаан быыкаа түүтэх оту уурунан кэбиһэллэр.
Дьэ, бу курдук оту тэлгээн баран чэйдииллэр — арыылаах сылаас сэлиэһинэй алаадьытын мотурҕаччы сииллэр. Итиэннэ күөллэрин, сирдэрин-дойдуларын ытыктыылларын бэлиэтэ — хайаан да аһаталлар. Дьэ, «ытык сир» диэн өйдөбүл мантан үөскүүр. Сири ытыктааһын, сиргэ, улахан эбэлэргэ сүгүрүйүү үөскүүр. Уопсайынан саха киһитэ айылҕаны кытта ыкса ситимнээх.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА