23 Сэтинньи 23.11
  • -23°
  • $ 102,58
  • 107,43

Малайзия аэропуордугар хаайтарбыт сахалар бүгүн дойдуларыгар кэлиэхтэрэ

10:10, 03 августа 2016
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Томпо улууһун үҥкүү коллективын оҕолоро, салайааччылара «ЮНЕСКО» норуоттар икки ардыларынааҕы куонкуруһугар Малайзияҕа кыттан баран, улахан холоруктан самолет көппөккө, бу дойду аэропуордугар харчыта, аһа-үөлэ, уута суох хаайтара сырыттылар. Кинилэр бүгүн төннөн кэлиэхтэрэ.


Бэҕэһээ, ансамбыл бэрэстэбиитэлэ Ольга Широких бу туһунан СИА-ҕа кэпсээтэ. 8 оҕо, 4 улахан киһи атырдьах ыйын 2 күнүгэр Гонкоҥҥа көтүөхтээх этэ. Ол эрээри, Кытай соҕуруу өттүгэр улахан холорук түһэн, авиакомпания көтүүнү тохтоппут.

Синьхуа агенство иһитиннэрэринэн, «Нида» холорук Гуандун биэрэгинэн кэлэн ааспыт уонна хотугулуу-арҕаа хайысханан баран иһэр. Айылҕа иэдээнэ ордук Шэньчжэнь куораты хаарыйда. Тыал күүһэ 42 м/с тахса.

Гуандунҥа уу кэлэр куттала баарыттан оскуолалар, промышленность тэрилтэлэрэ үлэлээбэттэр. «Нида» 1983 сылтан ыла саамай күүстээх холорук буолуон сөп.

AirAsia авиакомпания суолга хаайтарбыт сахаларга тохтуур сири, ас, уу да биэрбэтэх. Тоҕо диэтэххэ, рейс тохтооһуна кинилэр буруйдарынан буолбатаҕын ыйбыттар.

«Коллектив сэттэ киһитин Пекиҥҥэ диэри көтөр самолекка олортубут. Бүгүн күнүс кинилэр Дьокуускайга кэлиэхтэрэ. Онтон хаалбыт биэс киһи Хабаровскайынан киэһэлик дойдуларын булуохтара», — диэн СИА-ҕа ЮНЕСКО чилиэнэ, «СахаДаймондСтарс» салайааччыта, норуоттар икки ардыларынааҕы фестиваллар бэрэстэбиитэллэрэ Надежда Константинова эттэ.

Дьолго, сахалартан ким да эмсэҕэлээбэтэх: «Оҕолор, салайааччылар маннык уустук быһыыга-майгыга күүстээх тулуурдарын көрдөрдүлэр. Көмөлөспүт дьоҥҥо бука барыларыгар, кинилэр истэригэр Хабаровскайтан Евгения Осколковаҕа уонна Наталья Кимҥа махталбытын тиэрдэбит», — диэтэ кини.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА