29 Ахсынньы 29.12
  • -44°
  • $ 101,68
  • 106,1

Лев Павлов Дмитрий Миндиашвили аатынан турнирга кыһыл көмүс мэтээли ылла

11:46, 28 декабря
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатын лидерэ Лев Павлов быйылгы сылын Красноярскайга буолбут Дмитрий Миндиашвили аатынан Россиятааҕы турнирга кыайыынан түмүктээтэ. Ол туһунан хамаандалары бэлэмниир киин иһитиннэрдэ, суруйар ЯСИА.

Красноярскайга кини Александр Кочевойу (5:1), Егор Явловскайы (2:0), Матвей Куртуковы (10:0) кыайталаата, онон 57 кг диэри эрэллээхтик финалга тахсар.

Кыһыл көмүһү былдьаһыыга саха тустуугар норуоттар ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара Артур Чебодаев тахсар. Ити эрээри манна да Павлов бастыҥын көрдөрөр, ахсаан 3:1.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА