Үлэтэ суох сылдьааччылар төлөбүрдээх уопсастыбыннай үлэнэн дьарыгырыахтарын син. Маныаха үлэҕэ наадыйар киһи наймылаһааччыны кытары дуогабар түһэрсэр. Үлэлээбит кэмэ кини үлэтин ыстааһыгар киирэр. Бу туһунан республика бырабыытылыстыбатын мунньаҕар Госкомзанятость бэрэссэдээтэлин маҥнайгы солбуйааччыта Анастасия Позднякова биллэрдэ.
Төлөнөр уопсастыбыннай үлэлэри тэрийэр туһунан бырайыагы быраабыытылыстыба мунньаҕар ырыттылар.
Анастасия Позднякова биллэрбитинэн, бу бырайыак ис хоһоонугар уопсастыбыннай үлэ төлөнөр бэрээдэгин эрэ буолбакка, хайдах дьон бу үлэҕэ кыттыһыахтарын сөбүн эмиэ ырыттылар. тТэрээһин “Республика олохтоохторугар үлэ буларга көмө” диэн бырагыраамма чэрчитинэн буолуоҕа.
“Маннык үлэҕэ, бастатан туран, босуобуйа ылбат, эбэтэр үлэтэ суохтар учуоттарыгар алта ыйтан ордук турар дьону ылыахтара. Бу бырайыагы тэрийсэр юридическай тэрилтэлэр уонна урбаанньыттар үлэ наймылаһааччы оруолунан кыттыахатара. Аварияттан, айылҕа үлүгэриттэн, катастрофалартан о д.а. түбэлтэлэртэн эмсэҕэлээбиттэргэ көмө үлэтин уопсастыбыннай үлэлэргэ киллэрбэттэр. Үлэһиттэр хамнастарын наймылаһааччы төлүүр. Государство бүддьүөтүттэн, 40% дьону малынан-салынан хааччыйарга аныахтара. Холобура, билигин ийэҕэ материальнай көмө сууммата 7572 солк, — диэн Позднякова кэпсээтэ.
Былырыын, бу бырагыраамманан дьон ордук уһуйааннарга уонна олохтоох салалтаҕа, ону таһынан атыы эргиэн эйгэтигэр, тутууга, урбаанньыттарга үлэҕэ киирбиттэрэ.