23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Леонид Чусовской: Саха сирин гектара оҥорон таһаарыыны үрдэтиигэ сүрүн төһүү буолуохтаах

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Уһук Илиҥҥэ гектары таһынан өрөспүүбүлүкэҕэ сири-уоту биэриини эдэр фермердэр өйүүллэр.


«Бу олус үчүгэй көҕүлээһин. Өрөспүүбүлүкэ сирэ-уота киһиэхэ барытыгар буолбакка, тыа хаһаайыстыбатынан чопчу дьарыктанар дьоҥҥо бэриллиэхтээх», — диир Хатас фермерскэй хаһаайыстыбатын салайааччыта Леонид Чусовской.

Леонид Андреевич – «Эдэр фермер — 2013» өрөспүүбүлүкэтээҕи бастакы куонкурус кыайыылааҕа. Кини Дьокуускай таһыгар оҕуруот аһын, сүөһү эбии аһылыгын үүннэрэр. «Мин Уһук Илин гектарыгар эбии сири ылар баҕалаахпын. Тыа хаһаайыстыбата тэтимнээхтик сайдара сир иэниттэн тутулуктаах», — диир кини.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА