Тумуу элбээн, Ленскэйгэ сорох оҕо тэрилтэлэригэр карантин биллэрдилэр. Бу туһунан сэтинньи 28 күнүгэр оройуон дьаһалтата иһитиннэрдэ.
Ол курдук, Роспотребнадзор мэктиэлээһининэн, үс оскуолаҕа, үс оҕо саадыгар, ону таһынан эбии үөрэхтээһин, култуура уонна спорт тэрилтэлэригэр карантин биллэрдилэр.
Эпидемическэй боруогу бары бөлөхтөргө аһары үрдээбитэ, ону сэргэ, оройуон олохтоохторугар эмиэ элбээбитэ бэлиэтэнэр.
Ленскэй оройуонун кылаабынай санитарнай бырааһа, Роспотребнадзор территориальнай отделын салайааччыта Андрей Беляев иһитиннэрбиттэринэн, ааспыт нэдиэлэ мониторинын түмүгүнэн оройуоҥҥа тумуулааһын 3,3 төгүл элбээбит..
«Сүрүннээн оҕо саада саастаах, ону таһынан 14-гэр диэри оскуола оҕолоро ыалдьаллар.