Уһук Илиҥҥэ гектар сири босхо биэрии сокуона ылыллаатын кытта, Ленскэйгэ тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар предпринимателлэр сиргэ быраабы күүскэ оҥотторон эрэллэр.
«Ленскэйгэ бас билиигэ киирбэт, хаһаайына суох сир элбэх. Атын уулустарга сири-уоту бэйэҕэ хаалларар туһугар ураты харыстанар, төрүт дьарык сирдэрин кэҥэтэллэр. Мин санаабар, ити сөбө суох. Дьон атын регионнартан кэлэр буоллахтарына, кэллинэр, сири-уоту ыллынар», — диэн СИА-ҕа Ленскэй оройуонун баайга-дуолга сыһыаннаһыыларын кэмитиэтин начальнигын солбуйааччы Антон Героев эттэ.
Кини этэринэн, улууска тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар предпринимателлэр сири күргүөмүнэн ылан эрэллэр. Биир үксүн оттуур сир гынаары.
Атын муниципалитеттарга курдук, Ленскэйгэ Саха сирин гектарын ыларга олохтоох нэһилиэнньэ ордук улахан интэриэстээх: оттуурга, мэччирэҥҥэ.