Ленскэйгэ 40 ыал «Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү» бырагырааматынан саҥа кыбартыыраларга күлүүс туттулар.
Тоҕус этээстээх саҥа элбэх кыбартыыралаах дьиэ Рабочая уулуссаҕа «РИА» тэрилтэ исписэлиистэринэн тутулунна.
«Бырагыраама салгыы Саха сиригэр үлэлииригэр эрэллээхпин. Элбэх дьиэ кэргэн бастыҥ усулуобуйаҕа олоруоҕа», – диэтэ бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Кирилл Бычков.
62 кыбартыыралаах дьиэ панельтан тутулунна. Маннык матырыйаал вентиляциялыыр фасады туттарга кыах биэрэр, онон аныгылыы, индивидуальнай дизайннаах буолар.