22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ социальнай эбии төлөбүрдэрэ улаатыаҕа

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сиригэр үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ көрүллэр социальнай эбии төлөбүр улаатыаҕа. Ол туһунан үлэ миниистирэ Елена Волкова эттэ, СИА суруйар.


«Саха сиригэр биэнсийэҕэ көрүллэр социальнай эбии төлөбүр 2021 сылга улаатыаҕа уонна 15 438 солк тэҥнэһиэҕэ. Регионнааҕы эбии төлөбүрү 37 тыһыынча үлэлээбэт биэнсийэлээх ылыаҕа, кинилэр дохуоттара тиийинэн олоруу нуорматыттан кыра. Сокуон барыла Ил Түмэн XXII (уочарата суох) мунньаҕар ылылынна», — диэтэ миниистир Елена Волкова.

Кини быһаарбытынан, бастакы зонаҕа — 18 383солк, иккискэ — 15 077 солк.

Барыллаан суоттааһынынан, бу сыалга 2021 сылга 2,4 млрд тахса солк наада, ол иһигэр федеральнайдааҕы бюджеттан 2,2 млрд солк.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА