Саха сиригэр Үлэ сылыгар оҕоҕо уонна ыччакка анаммыт элбэх бөдөҥ тэрээһиннэр былааннаналлар. Ол иһигэр муниципальнай тэриллиилэргэ «Трудовое лето — 2023» куонкурус ыытыахтара. Ол туһунан нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутугар кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Елена Калашникова эттэ, суруйар СИА.
«Ыччат дьарыктаах буолуута Саха сирин сайдыытыгар хайысхаларга инники күөҥҥэ тутуллар. Үүнэр көлүөнэни үлэнэн иитиигэ саҥа тосхол оҥоһулунна. «Үлэ сайына — 2023» куонкурсу үөрэх министиэристибэтин кытта ыытыахпыт», – диэтэ салайааччы.
Кини эппитинэн, кыайыылааҕы быһаарыыга сайынын үлэнэн хааччыллыбыт оҕо ахсаана учуоттаныаҕа. Оройуоннарга төрөппүт мунньахтара буолуохтара. Наставничество институтугар болҕомто ууруллуоҕа. «Сотору кэминэн тоҕус тыһыынчаттан тахса орто уонна үрдүк үөрэх кыһаларын выпускниктара үлэҕэ тахсыахтара, бу сыыппара сылын аайы эбиллэ турар. Элбэх үлэ күүтэр», — диэтэ Калашникова.