22 Сэтинньи 22.11
  • -34°
  • $ 100,68
  • 106,08

Үлэ министиэристибэтэ сотору кэминэн МРОТ-у үрдэтии туһунан этии киллэриэҕэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Үлэ министиэристибэтэ сотору кэминэн МРОТ уонна социальнай төлөбүрдэри үрдэтии туһунан этиилэри таһаарыахтаах, диэн Госдума үлэ уонна социальнай бэлиитикэ кэмитиэтин мунньаҕар Үлэ министиэристибэтитн баһылыга Антон Котяков иһитиннэрбитин «Парламентская газета» суруйар.

Котяков этэринэн, Владимир Путин инфляция бу сылыктаммыт көрдөрүүттэн үрдүгүнэн сибээстээн, МРОТ-у уонна тиийинэн олоруу алын кээмэйин индексациялааһыҥҥа этиилэри киллэрэргэ сорудахтаабыта.

«Биһиги этиилэрбитин экономическай сайдыы министиэристибэтин уонна үп- харчы министиэристибэтин кытары билигин толкуйдуу сылдьабыт. Сотору кэминэн билиһиннэриэхпит«, — диэтэ Котяков.

Ол быыһагар, депутаттар ыйытыыларыгар хоруйдууругар, үлэлиир биэнсийэлээхтэр биэнсийэлэрин үрдэтээһин боппуруоһа бырабыыталыстыбаҕа көрүллэ илигин иһитиннэрдэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА