Россия үлэ министиэристибэтэ 2024 сылга өрөбүл күннэри көһөрүү туһунан уураах бырайыагын бэлэмнээтэ.
Докумуоҥҥа сурулларынан, Саҥа дьылга Россия олохтоохторо тохсунньу 1 — 8 күннэригэр сынньаныахтара, оттон каникуллар ахсынньы 30 күнүттэн саҕаланыахтара.
Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэрин бырааһынньыга олунньу 23 — 25 күннэригэр буолар, оттон Дьахтар күнүн кулун тутар 8 — 10 күннэригэр бэлиэтиибит.
Бырайыак быһыытынан маай бырааһынньыктарын бастаан муус устар 28 — ыам ыйын 1 күннэригэр, салгыы ыам ыйын 9 — 12 күннэригэр бырааһынньыктыыбыт.
Россия күнүгэр бэс ыйын 12 күнүгэр сынньанабыт, Норуот сомоҕолоһуутун күнүн өрөбүллэрэ — сэтинньи 3 уонна 4 күннэригэр түбэһэллэр.