15 Тохсунньу 15.01
  • -40°
  • $ 103,44
  • 106,25

Үлэ Геройа Василий Кладкиҥҥа анаммыт табаһыттар бырааһынньыктара

17:07, 05 апреля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Томпо улууһун Тополинай сэлиэнньэтигэр Социалистическай Үлэ Геройа Василий Кладкин төрөөбүтэ 85 сылыгар анаммыт табаһыттар бырааһынньыктара буолла. Алдан, Дьааҥы, Үөһээ Халыма, Аллараа Халыма, Өймөкөөн, Эбээн Бытантай, Нерюнгри делегациялара кыттыыны ыллылар.


Болҕомто киинигэр табаһыттар үлэлэригэр, кыһалҕаларыгар, салааны сайыннарыыга анаммыт «төгүрүк остуол» буолла. СӨ правительствотын 1-кы солб. Петр Алексеев салайан ыытта. Барыта 100 – тэн тахса киһи, ол иһигэр СӨ правительствотыттан, Ил Түмэн дьокутааттара, Норвегияттан 2 киһи кытынна. Боротокуолга киирбит боппуруостар Арктика госкомитетыгар үөрэтиллэллэр.

Табаһыттар бырааһынньыктарыгар түөрт «Буран» бириис оонньонно. Хамаанданан наартанан сүүрдүүгэ Дмитрий Стручков салайар 4-с ыстаада табаһыттара кыайдылар. Кинилэргэ Арктика госкомитета туруорбут «Буранын» биэрдилэр. Уучаҕынан сүүрдүүгэ Григорий Замятин (9-с ыстаада) уонна эстафетаҕа 9-с ыстаада бастаатылар. «Көс ыал» күрэҕэр Октябрина уонна Федор Протопоповтар дьиэ кэргэннэрэ кыайдылар. Кинилэргэ Томпо улууһун дьаһалтата туруорбут 3 «Буранын» биэрдилэр.

Төрөөбүт тылга анаммыт семинар, «Кладкинскай ааҕыылар», оҕолор уруһуйдарыгар күрэх буоллулар.

Надежда Кладкина-Клышейко, Томпо эбээн нэһилиэгин баһылыга: «Сорукпут бырааһынньыгы ыытыы эрэ буолбакка, таба иитиитин сайыннарарга, дьон олоҕун, үлэлиир усулуобуйатын тупсарарга урукку курдук бары салааны хабан туран былааннааһын буолар. Оччоҕо эрэ салаа сайдыаҕа, таба элбиэҕэ. Бары кыттыһан 5 сыллаах сайдыы программатын ылынан, Граннарга, бырайыактарга кыттан үлэлииргэ былаанныахпыт. Улуус салалтатыгар улахан өйбүлүн иһин махтал. Оройуон баһылыга Георгий Герасимов 2017 сылга Томпоҕо таба иитиитин сылын биллэрэргэ быһаарда.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА