Тохсунньу томороон тымныытын аахсыбакка, ититэр ситими көрө-истэ уонна тугу эрэ бэлиэтэнэр эдэр уолу ыраахтан бэлиэтии көрөн, чугаһаан кэпсэттим. Билсибитим, командировкаҕа кэлэ сылдьар ОДьКХ Хаҥаластааҕы филиалын эдэр үлэһитэ Илья Далинин эбит.
Кини Дьокуускайдааҕы тутуу-коммуналынай техникумун былырыын бүтэрбит. Тута кэтэхтэн ХИФУ Нерюнгритааҕы филиалын техническэй институтугар үөрэнэ киирбит. Ильяттан үлэтин туһунан билиһиннэрэригэр көрдөстүм.
«Мин ОДьКХ Хаҥаластааҕы филиалын производственнай-техническэй отделыгар бастакы категориялаах инженеринэн үлэлиибин. Үлэм хайысхата киэҥ, учаастактары кыраныыссаларынан араарыы, ааҕан-суоттаан смета докумуоннарын оҥоруу, ону сэргэ биирдиилээн ыалларга сылааһы холбооһуҥҥа ыкса үлэлэһэбин. Үлэбэр отделым салайааччыта Елена Деньгина куруук сүбэ-ама биэрэр. Маны сэргэ, сметаны оҥорууга быһаччы Александр Новиков көмөлөһөр. Үлэбин сөбүлүүбүн, интэриэһинэй», — диэтэ Хачыкааттан төрүттээх нуучча сэмэй уола Илья Далинин.
Икки иэдэстэрэ тымныыттан тэтэрэн, күп-күөх харахтара чоҕулуччу көрөн үлэтигэр тиэтэйэрин этэн, уолум кээмэйдиир малларын туппутунан хаары оймоон ититэр ситими кыйа бара турда.