22 Сэтинньи 22.11
  • -27°
  • $ 100,68
  • 106,08

«Үлэ барыта үчүгэй, идэ барыта бочуоттаах» куонкурус ыам ыйын 1 күнүгэр түмүгү таһаарыаҕа

Фото: Театр юного зрителя
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

СӨ Үүнэр көлүөнэтин судаарыстыбаннай тыйаатыра Саха сиригэр Үлэ сылын чэрчитинэн «Үлэ барыта үчүгэй, идэ барыта бочуоттаах» оҕолорго аналлаах уруһуйга өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруһу кулун тутар ыйга биллэрбитэ.

Алексей Павлов салайааччылаах Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үүнэр көлүөнэтин судаарыстыбаннай тыйаатыра ыытар куонкурсугар үлэлэри тутуу сарсыҥҥынан, муус устар 20 күнүнэн бүтэр.

«Оҕо уруһуйдуур дьоҕурун сайыннарыы, ойуулуур, уруһуйдуур дьоҕурдаах оҕолор айымньыларын түмүү, саҥа ааттары көрдөөһүн, оҕо өйүгэр-санаатыгар патриотическай өйдөбүлү иҥэрии, уруһуй нөҥүө үүнэр көлүөнэни үлэҕэ, үөрэххэ ыҥырыы буолар куонкуруспут сүрүн сыала-соруга. Үс бөлөҕүнэн арааран үлэлэри көрүөхпүт», — диэн суруйаллар тэрийээччилэр.

Түмүк ыам ыйын 1 күнүгэр — «Үлэ, эйэ, маай» бырааһынньыгар — Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын http://sakhatuz.ru саайтыгар уонна социальнай ситимнэригэр тахсыаҕа.

«Күрэс түмүгүнэн, хас биирдии бөлөххө биир кыайыылаах оҕо баара быһаарыллар. Бары кыттааччылар, салайааччылар «Туоһу суругунан» бэлиэтэниэхтэрэ. Күрэс кыттыылаахтарын уруһуйдара “Үлэ, эйэ, маай” параадыгар Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын колоннатын киэргэтиэхтэрэ», — диэн этиллэр иһитиннэриигэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА