Муус устар 26 күнүнээҕи туругунан, Иркутскай уобалаһын Киренскэй оройуонун Визирнай бөһүөлэгин таһынан Өлүөнэ мууһа хамсаата, суруйар edersaas.ru
Көмүөл алын кытыыта, Витим бөһүөлэгиттэн 150 км сиргэ баар. Иркутскай уобалаһын сиригэр-уотугар уу таһыма намыһах.
Витим — Пеледуй учаастагынан муус 28-29 күннэригэр муус хамсыыра сабаҕаланар диэн, Уу ресурсаларын федеральнай агентствотын Өлүөнэ сүнньүнээҕи ууга управлениетын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Өлүөнэ, Алдан, Бүлүү өрүстэригэр уу таһыма сууккаҕа 3 — 10 см үрдүү турар.